Рекламный баннер 990x90px bantop

Хаҥалас тимир уустарын түмэр үлэ салҕанар

08:42 07.09.2024 16+
Хаҥалас тимир уустарын түмэр үлэ салҕанар

Быйыл Бүлүү куората төрүттэммитэ 390 сылыгар уонна судаарыстыбыннай бэлитиическэй диэйэтэл Степан Максимович Аржаков төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах тимир уустарын аан дойдутааҕы бэстибээлэ буолан ааспыта. Хаҥалас улууһун талааннаах уустара бу бэстибээлгэ кыттан, ситиһиилэнэн кэлэн, улуус баһылыга Олег Иринеевы кытта көрүстүлэр.

«Саха норуотун төрүт үгэстэрин илдьэ сылдьаргыт, киэҥ эйгэҕэ тарҕатаргыт олус хайҕаллаах дьыала. Биһиги улууспутугар талааннаах тимир уустара элбэхтэр, бу эйгэ сылын ахсын дьон-сэргэ болҕомтотун ылар, хас нэһилиэк аайы тимири таптайар дьоммут элбээн иһэр. Хас да нэһилиэккэ чааһынай тимири уһанар дьиэлэр бааллар. Кинилэр үлэлииллэригэр, дьарыктаналларыгар усулуобуйа тэрийэн, улахан нэһилиэктэринэн сыахтары арыйарга былаанныыбыт», - диэн Олег Иринеев иһитиннэрдэ. Ол курдук, улуус улахан нэһилиэктэрин биирдэстэрэ, Нөмүгү дьаһалтата өйөөн, бастакы сыах тутуута быйыл саҕаланан, эһиил үлэҕэ киирэрэ былааннанар. Ол сыахха чугас сытар нэһилиэктэртэн кэлэн, дьарыктаныахтарын, үлэлиэхтэрин сөп буолуо. «Итинник курдук атын нэһилиэктэргэ эмиэ маннык тимири уһанар дьиэлэри тутарга баҕа баар, онно үлэлэһэбит. Хаҥаласпыт талааннаах тимир уустара түмсэн, дойдубутун ааттаталларын туһугар», - диэн улуус баһылыга эттэ.

Ол курдук, бэстибээлгэ быһах оҥоруу күрэҕэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Александр Данилов 1 миэстэни ылыан ылбыта, хомуска 3 миэстэ буолбута. Ону тэҥэ, улуус хамаандата оһоҕу оҥорууга 2 миэстэ буолбута. «Хаҥыл Уус» диэн Хаҥалас улууһун тимир уустарын түмэн илдьэ сылдьар култуура уонна духуобунас сайдыытын управлениятын салайааччытын солбуйааччыта Сахаайа Громова. «Хас биирдии айан үбүлээһини эрэйэр. Бүлүүгэ уустар кытта баралларыгар улууспут баһылыга Олег Валериевич уонна култуура салаата өйөөбүттэрэ. Ону таһынан, махталбытын тиэрдэбит «Уус-Экспо» маҕаһыын салайааччытыгар, урбаанньыт, биир дойдулаахпытыгар Надежда Руслановна Идэлгигэ!», - уустар холбоһуктарын салайааччыта Сахаайа Громова махтанна.

Санатан эттэххэ, бэстибээлгэ Москва куораттан, Белоруссияттан, Саха сирин улуустарыттан араас уустар кыттыбыттара. Бырагырааманан тимири уһаарыы, быһах, хомус күрэҕэ, научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолбута.

«Хаҥалас улууһа» МО пресс-сулууспата

450

Оставить сообщение:

АРХИВ ВЫПУСКОВ
Рекламный баннер 300x250px 300na250
МЫ В СОЦСЕТЯХ
Рекламный баннер 300x600px 300na600
ПОЛЕЗНЫЕ РЕСУРСЫ
Рекламный баннер 300x100px right1
Рекламный баннер 300x100px right2
Рекламный баннер 300x100px right3