Рекламный баннер 990x90px bantop
Күөртээх Күөрдэмнэр
05:55 25.10.2024 16+
«Күөртээх Күөрдэмнэр»
бырайыак үлэтин туһунан
Хаҥалас улууһун 2 Дьөппөн нэһилиэгин администрациятын көҕүлээһининэн, А.М. Сидорова аатынан «Ситим» КК 2023 cылга төрүт тылы харыстыыр, сайыннарар, үйэтитэр сыаллаах «Күөртээх Күөрдэмнэр» диэн бырайыак суруйбута. Бырайыак “2020-2024 сс Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын харыстааһын, үөрэтии уонна сайыннарыы” Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай программатыгар олоҕурбута. Сүрүн сүбэһит Жиркова Римма Романовна, СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыытылыстыбатын Дьаһалтатын Тыл сайдыытын боппуруостарын сүрүннүүр салалтатын салайааччыта буолбута.
Бырайыак уус өбүгэлэрбит ааттарын үйэтитэр, патриотическай тыыҥҥа иитэр, уус култууратын нөҥүө саха тылын харыстыыр, сайыннарар сыалы- соругу туруоруммута. Бырайыак түмүгэр: кэнчээри ыччакка туһаайыллыбыт «Уус кыһата» уһуйаан иитээччилэригэр, «Күөртээх уустар» үөрэнээччилэргэ аналлаах остуол оонньуулара айыллан тарҕатыллыахтаахтар. «Күөртээх Күөрдэмнэр» диэн ааҕааччы киэҥ араҥатыгар анаммыт уус терминнэрэ тылдьыттаах, уус өбүгэлэрбит олорон ааспыт олохторун сырдатар матырыйааллаах, ону тэҥэ уус култууратын сөргүтэр сыаллаах ыытыллар нэһилиэк үлэтин билиһиннэриэхтээх.
Бырайыакка олохтоох үлэ тэрилтэлэрэ: бырааттыы Николаевтар ааттарынан орто оскуола, Е.В. Туласынова аатынан 25№дээх “Туллукчаан” уһуйаан, Р.К. Захаров аатынан «Самыртай» музей, библиотека, “Дьөппөн 2-с нэһилиэгэ” МТ, А.М. Сидорова аатынан “Ситим” КК коллективтара сүбэбитин-күүспүтүн холбоон үлэлэстибит. Бырайыак хабаана киэҥ, суолтата дириҥ. Онон хас биирдии былааннаабыт тэрээһиммит үгүс оҕону, дьону хабар гына ыытыллыахтаах диэн быһаарыллыбыта.
Бырайыак бастакы хардыыта «Таасуусфест-2023» бетоннай скульптура бэстибээлин тематын талыыттан саҕаламмыта. Хачыкааттан Хоточчуга дылы тайаан сытар нэлэмэн хочоҕо бастакынан кэлбит, олоҕу төрүттээбит өбүгэбит Самыртай уобараһыгар тохтообуппут (рис. 1)
Далан «Тыгын Дархан» романыгар Самыртайдаах кэлиилэрин туһунан субу курдук суруйар: “Хоту диэки, арааһа, үтүөкэн да сирдэр бааллар быһыылаах. Эр бэттэрин ох курдук оҥорон, кустук курдук куоһаан ыытан, ол дойдулары көрдөрүөх- чинчийтэриэх баара диэн баран Сыматтайы тойонноро оҥорон, Күүстээх Күһэҥэйи, Тимир Чарапчы ойууну, Саан Саантыыр ууһу, Хардахсай Бэргэни ыыталлар. (Бу Дорҕоон Уус кэпсиир).143-146 стр. »
Кыраайы үөрэтээччи Е.Л. Яковлев «Өбүгэттэн - ыччакка» (2 Дьөппөн историятыттан) кинигэтигэр Самыртай хочотун олохтонуутун туһунан бу курдук суруйар: «Самартайдаах, Тоҥ Уустары чаҕыппыт дьон, чугастааҕы сөбүлүү көрбүт сирдэригэр хойгуо охсубуттар, сулламмыт туоска кыһыл соһонон оҕуһу, аты ойуулаан бэлиэ тииттэргэ хатаан, кинилэр бу сирдэри баһылаабыттарын биллэрбиттэр»(стр 8). Онон бу икки сүрүн литератураҕа олоҕуран бетон скульптуратын бэстибээлин темата бигэргэтиллибитэ. «Таасуусфест-2023» бетоннай скульптура бэстибээл: саха эйгэтин төрүттүүр, сиэр- майгы сыаннастарын үрдэтэр, нэһилиэк архитектурнай уобараһын тупсарар, Самыртай хочотун историятын үйэтитэр сыаллаах – соруктаах ыытыллыбыта. Уос номоҕор олоҕуран төрүт дьоммут- Сыматтай тойон, Тимир Чарапчы ойуун, Күүстээх Күһэҥэй, Саан Саантыыр уус, Хардахсай Бэргэн скульптуралара бетонтан чочуллан тахсыбыта. Аҕыс күн устата скульптор маастардар биэс хамаанда буолан үлэлээбиттэрэ. Скульптуралар сынньалаҥ пааркатыгар туруоруллубуттара (рис2) Бэстибээл чэрчитинэн саха тылын сайыннарар, үйэтитэр бырайыак программатынан «Самыртай хочотун үһүйээннэрэ» төгүрүк остуол ыытыллыбыта. 40 тан тахса киһи өссө тугу- ханныгы үөрэтиэххэ, чинчийиэххэ, үйэтитиэххэ сөбүй диэн сэһэргэспитэ. Түмүгэр, ыччаттарбыт хочо историятын билэллэригэр уонна сайыннаралларыгар үгүс үлэ ыытыллыан наада эбит диэн резолюция тахсыбыта (2 сыһыарыы)
Бырайыак биир улахан тэрээһининэн «Күөрдэм көмүс күһүнэ- иэйии биһигэ» литературнай бэстибээл тэриллибитэ.(рис 3) Бэстибээл чэрчитинэн «Күөрэгэйдээх Күөрдэмнэр» литературнай түмсүү нэһилиэк хоһоонньуттарын кинигэтэ тахсыбыта. Самыртай скверигэр «Уустар» диэн тута хоһуйуу күрэҕэ ыытыллыбыта. Анастасия Ющенко «Айанньыт өбүгэбит » хоһооно кыайан анал бэлиэ ылбыта.
Үөрэх кыһалара бырайыакка үлэлэрин сүрүн сыала- кэнчээри ыччакка уус төрүттэрбит туһунан өйдөбүлү биэрии буолар. Онон үксэ кылаас чаастар, экскурсиялар ыытылыннылар. Төрөөбүт төрүт тылбыт кэрэтин, историябыт баайын көрдөрдүлэр. “Бырааттыы Николаевтар” ааттарынан орто оскуола «Биһиги уус төрүттэрбит», «Уус кыһатыгар экскурсия», «Тоҕо күөртээх?», «Ньургун боотур олоҥхоҕо ууска уһуйуллуу сиэрэ- туома» диэн интэриэһинэй кылаас чаастара ыытылыннылар. Ону таһынан орто сүһүөх кылаастар «Эрчимэн бэргэн» олоҥхону үгэс буолбут ньыманан толордулар. Оскуолаҕа «Самыртай» музей уонна библиотека анал уруоктара ыытылыннылар. “Ситим” КК Оҕо көмүскэлин күнүгэр, Ыһыахха, Олоҥхо күнүгэр оҕолор түһүлгэлэрин тэрийэн төрүт оонньууларга, таабырыннаһыыга, олоҥхону ааҕыыга күрэхтэһии тэрийдилэр.(рис 4)
«Туллукчаан» уһуйаан оҕолоро уус туһунан тэттик хоһооннору аахтылар, олоҥхо туруоран көрдөрдүлэр. Музей уонна библиотека үлэһиттэрин «Уус диэн кимий» кэпсээннэрин, уустар тэриллэрин сэргээтилэр. Оттон “Ситим” КК уһуйаан оҕолоругар былааннаабыт үлэтин Оҕо көмүскэлин уонна Олоҥхо күннэригэр ыытта. Оҕолорго анаан Ситим КК биир дойдулаахпыт, оҕо суруйааччыта, педагог - маастар Галина Иванова- Айтыына Уран англия тылыттан тылбаастаабыт «Сулус киһи кистэлэҥэ» остуоруйатын, «Тимир куйахтаах Дьурантай бухатыыр» олоҥхону (рис 5), Дмитрий Наумов «Кустук Куо уонна Дьүкээбил» остуоруйатын көрдөрдүлэр.
Нэһилиэккэ анаан “Ситим” КК уонна «Самыртай» музей ыйдарынан туомнары тэрийдилэр. Айыыһыт, Дьөһөгөй, Иэйэхсит алгыһын түһэрдилэр. «Төлө туппат төрүт баайым – төрөөбүт ийэ тылым” – саха тылын, суругун – бичигин күнүгэр аман өс, саха тылын пропагандалааччылар- Вилюяна Никитина, Ньургун Бэчигэн, Нина Слободчикова курдук биллэр дьоннуун көрсүһүүлэри, «Сахалыы ааҕыах»дьиэ кэргэнинэн ааҕыы акциятын, «Эр модун» (рис 6) эр дьоҥҥо аналлаах алгыс күнүн, “Үлэттэн дьоллонуох”- уустар тустарынан авторскай хоһоон ааҕыытын кэтэхтэн күрэҕин ыыттылар.
«Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын Дьаһалтатын Тыл сайдыытын боппуруостарын сүрүннүүр управление» салалтатынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай бырагыраамматын өйөбүлүнэн «Уус кыһата»(рис 7) уонна «Күөртээх уустар» (рис 8) остуол оонньуулара бэчээттэнэн таҕыстылар. Эмиэ бу программанан Россия наукатын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун кытары “Күөртээх Күөрдэмнэр” диэн Күөрдэм нэһилиэгин уустарын туһунан научнай- популярнай кинигэ тахсыыта буолар. Кинигэ эппиэттээх редактора профессор, история билимин дуоктара Р.И. Бравина анаммыта. Кинигэҕэ тимири уһаныы тылдьыта, сир-дойду ааттара, Нуочаха уонна Туруук хайа уус төрдүн ытык сирдэрэ, Хаҥалас улууһа- былыргы тимир уһаарыы киинэ о.д.а. интэриэһинэй чинчийиилэр, ыстатыйалар киирдилэр. Гуманитарнай институт салалтата, Тыл департамена уонна Дьөппөн нэһилиэгиттэн бырайыак салайааччыта буолан бэлэмнэниллибит кинигэни ырыттылар. С.С. Федорова бырайыак туох хайдах үлэлии турарын сырдатта. Р.И. Бравина кинигэҕэ киирбит матырыйааллары сиһилии быһаарда. С.И.Боякова, РНА СС Гуманитарнай чинчийии институтун салайааччыта кинигэ матырыйааллара научнай сэбиэтинэн бигэргэтиллибитин эттэ. Ону таһынан научнай ыстатыйалары хайҕаата, институт уус тэрилтэлэрин кытта ыкса үлэлэспитин бэлиэтээтэ. Р.Р. Жиркова, СӨ Ил Дарханын уонна СӨ Бырабыытылыстыбатын Дьаһалтатын Тыл сайдыытын боппуруостарын сүрүннүүр салалтатын салайааччыта, институт үлэһиттэрин кыһамньылаах үлэлэрин биһирээтэ. Кинигэ саха дьонугар олус туһалаах буолуоҕун туһунан санаатын эттэ.(рис 9)
Онон бу кинигэ уус өбүгэлэрбит култуураларын сэһэргиир билим үлэһиттэрин уонна тыа сирин олохтоохторун чинчийиилэрэ, кэтээн көрүүлэрэ, уус култууратын сөргүтэргэ ыытыллыбыт култуурунай тэрээһиннэри сэһэргиир саха дьонугар биир дьоһун кылаат буолуо.
“2020-2024 сс Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай уонна официальнай тылларын харыстааһын, үөрэтии уонна сайыннарыы” Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай программатыгар олоҕуран оҥоһуллар бырайыактар, омук быһыытынан тылбытын, култуурабытын сайыннарар, харыстыыр биир төһүү күүс буола турдуннар.
Федорова С.С.
А. М. Сидорова аатынан «Ситим» КК дириэктэрэ

Оставить сообщение: