Рекламный баннер 990x90px bantop
Байанай ыйын тэрээһинэ
22:16 17.11.2024 16+
Байанай ыйын тэрээһинэ
Сэтинньи ый саха итэҕэлинэн Байанай ыйа. Бу ыйга күндү түүлээх өҥө түүтэ ситэр-тупсар. Ыыраахтаах кыһыҥҥы тымныы түһүөн иннинэ сүүрэр-хаамар кэмэ. Бултаһарга хаар чараас, тымныы олус сытыырҕайа илик кэмин тутуһан Байанай ыйа диэн ааттаммыт. Саха киһитэ ойуур отун – маһын кэрийэн, толоон хаара чигдийиэр диэри хайыһардаан эргэнэ хара тыатыттан бултаан – балыктаан айаҕын ииттэрэ. Тулалыыр эйгэтин тыыннаҕымсытан көрөрө, туох барыта иччилээх, өйдүүр өйдөөх, саныыр санаалаах диэн өйдөбүллээҕэ. Ол иһин Аал уотун оттон иччилэрин алы гынара. Билиҥҥи кэмҥэ, бу сиэри тутуһан, бултуу барааччы аал уотун иннигэр сөһүргэстээн олорон Байанайыттан көрдөһөр. Бултуур тэрилин үчүгэйдик тутар, ыраастыыр, бэлэмниир. Байанай сүрдээх үөрүнньэҥ иччи дииллэр. Байанайы аат ааттаан Аал уот нөҥүө күндүлээтэххинэ, булт иччитэ манньыйар, киһиэхэ ордук чугаһыыр, сүбэлиир диэн этэллэр эбит.
Байанайга аналлаах киэһэбит Р.К.Захаров аатынан «Самыртай» музейга тэрилиннэ. Биһиги, дьиэ хаһаайкалара буоларбыт быһыытынан Аал уоппутун оттон арыылаах алаадьынан айах тутан, Баай барыылаах тойон эһэбититтэн тускута туһаай, соргута тосхой диэн алы гынар тыллартан саҕалаатыбыт. Ол кэннэ булчут хоһууттара эр дьоннорбут Кузьма Иванович Ефремов, 2 Дьөппөн дьаһалтатын спортивнай инструктора, «Охота Кузьмич” ютуб канал хаһаайына оҕолорго, ыччаттарга туһаайан бултааһын сиэрин кэпсээтэ. Музейга турар бултуур сэдэх экспонаттар историяларыттан билиһиннэрдэ. Бу киэһэ чаачар сааны, айаны, тиит тымтыгынан оҥоһуллубут тууну, тымтайы саҥа көрбүттүү билистибит. Иван Алексеевич Алексеев, спорт ветерана, физическай култуура туйгуна, удьуор муҥхаһыт Кыһыл Үрүйэттэн аҕалыллыбыт туос тыы туһунан сырдатта. Тыы 6 м кэриҥэ уһуннаах, хатыҥ туоһунан аттарыллан силимнэммит, талах иилээх. Маны таһынан балыктааһын экспозициятыгар турар балыктыыр тэриллэри: кыл муҥха, кыл илим, туос мас лаппыныактар, 10 м уһуннаах тирии бэчимэ, сүүр туһунан элбэҕи кэпсээтэ. 2 Дьөппөҥҥө урукку сылларга улахан муҥха тэриллиитин туһунан, муҥхаһыттар, муҥханы салайан ыытааччы олохтоохтор тустарынан сиһилии сэһэргээтэ. Улахан муҥха хаһаайыттара Алексей Николаевич Алексеев, Аркадий Ионович Филиппов, Роберт Константинович Захаров тустарынан сырдатта. Саамай улахан муҥха 1993-1995 с.с. 600 чэкэ кэриҥэ киһи кыттыылаах, 8 тонна собо хостоммутун кэпсээн сөхтөрдө.
«Самыртай» музей саха төрүт аһын пропагандалыыр, ол үлэтин чэрчитинэн бу киэһэ мааны остуолга ыһаарыламмыт күстэх, мииннэммит собо, арыылаах алаадьы, убаһа этэ уурулунна. Остуол тула олорон истиҥ сэһэргэһии буолла. Кэлбит дьоммутугар «Байанай» сурунаал сүрүн редакторыттан Ю. П Борисовтан анал сурунаал бэлэх туттарылынна. Эр хоһууттарбыт ирэ- хоро кэпсэтэн, кэлэр өттүгэр куйуур, муҥха тэрээһинин эрдэттэн ыытарга сүбэлэһэн тарҕастылар.
Түмүккэ
Баай хара тыа иччитэ
Барааҥкы сүүрүк аттаах,
Күөх тииҥ уорҕата угунньалаах,
Киис кыыл кэтэҕин килбиэнэ кэтинчэлээх,
Саарба кыыл самыытын талыыта саҕынньахтаах,
Уоттаах саһыл кутуруктуур уорҕата түһулүктээх,
Муостаах буур кэрэмэс тыһа бэргэһэлээх,
Бардам тутуу, барылы кэскил
Баай Барыылаах тойон эһэкэбит
Булчут хааннаах
Булар талар аналлаах эр хоһууннарбытын
Баардылаа, байанайда тосхой,
Моонньугар быалаах Түөһүгэр күннээх
Кэрэмэс саһыл аттаах,
Чаачар саалаах,
Талах оноҕостоох
Тумул хара тыабыт иччитэ
Туоҥхааны Боотур, тойон эһэбит
Туораабыты тоһуургутугар тосхойо турдун!
Эргэнэ хара тыам иччитэ
Эриэн таба аттаах
Эрдэ сырыы, эригир харах
Эрбэс Боотур(тойон эһэбит,
Элийбити элиэҕитигэр киллэрэ турдун!
Сис хара тыа иччитэ
Куоппуту ситэр
Сиэр таба аттаах,
Сиэмэлэс талах кымньыылаах
Сиҥкэн Эрилик тойон эһэбит,
Куоттарбыккытын ситтэрдин!
Күрүҥ хара тыа иччитэ
Кус хаҥыл аттаах
Кура5аччы сүүрүк тойон эһэбит,
Кыттыһа сырыттын
Уҥуохтаах окко уйаламмыт
Одунча Боотур,
Салаалаах маска саспыт Хабдьы Боотур.
Тойон эһэлэрбит
Кытыгарас сүһүөхтээҕиттэн,
Матарбатын
Тойон эһэлэрбит
Хардаҕаскытыгар хаайа турдуннар
Кылыыгытыгар кыһайан биэрдиннэр
Кэнтиккитигэр киллэрдиннэр
Дом!

Оставить сообщение: