Рекламный баннер 990x90px bantop
Балаҕан ыйын 9 күнүгэр Күөрдэм нэһилиэгэр оҕолорго аналлаах "Күн дьонун мичээрэ" эстрадно-цирковой шоу программалаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Александр
10:24 22.09.2025 16+
Балаҕан ыйын 9 күнүгэр Күөрдэм нэһилиэгэр оҕолорго аналлаах "Күн дьонун мичээрэ" эстрадно-цирковой шоу программалаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Александр Березкин -Сашуля хамаандатын кытта ыалдьыттаатылар. Бииргэ үлэлэһэр уолун Стасян клоуннуун олус интириэһинэй, күлүүлээх араас анекдоттары кэпсээтилэр, таайтарыылаах таайбараҥнары таайтардылар, дьикти эгэлгэ фокустары көрдөрдүлэр. Оҕолору сыанаҕа таһааран араас оонньуулары оонньоттулар,улахан мыыльнай күгэннэри таһааран оҕолору үөртүлэр.Саала иһэ оҕо күлүүтүнэн ньиргийэн олордо. Күүтүүлээх түгэнинэн оҕолор сөбүлүүр геройдара уоттаах-күөстээх Оптимус прайм, Бэтмэн тахсаннар музыка доҕуһуолунан үҥкүүлээн, араас хамсаныылары көрдөрдүлэр. Сылын ахсын толорор нүөмэрдэрин ситэрэн, тупсаран, киэргэтэн биэрбиттэрэ туһунан сонун көстүү буолла. Оҕолор саахартан баата амсайан, үөрэн-көтөн, сүргэлэрэ көтөҕүллэн бэрт бэтиэхэлээх, бэһиэлэй күнү атаардылар.
Оставить сообщение: