Рекламный баннер 728x90px center-top

Тойук – дружба – фест

09:04 23.11.2026 16+
Тойук – дружба – фест
Сэтинньи 20 күнүгэр А.Е.Кулаковскай аатынан “Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр” Арассыыйаҕа норуоттар сомоҕолоһууларын, Өрөспүүбүлүкэбитигэр Култуура сылларын чэрчитинэн, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Тойук”норуодунай ансаамбыл солбуллубат салайааччыта, тойук ырыа көрүҥэ сайдыытыгар үгүс элбэх кылаатын киллэрсэ сылдьар,саха сирин тойуксуттарын 17 үйэттэн түмэн, бэлэмнээн “Тойук” кинигэтин антологиятын автор быһыытынан таһааттарбыт, култуура бэтэрээнэ, биир дойдулаахпыт Галина Гаврильевна Федорова көҕүлээһининэн, “Тойук – дружба – фест” бастакы фольклорнай фестиваль үгүс элбэх араас омук дьонун түмэн, дьон – сэргэ көҕүн тутта.
Ол кудук бу күн диаспаралартан көхтөөх кыттыыны ыллылар: Эбээннэр, эбэҥкилэр, юкаагирдар, сахалар уонна нуччалар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр “Артика култууратын уонна искусствотын Ил института” доцент, профессор таһымнаах преподователлэр, Музыкальнай колледж преподователя, апсирантка, тэрээһин көҕүлээччитэ Г.Г.Федорова.
Программаннан барыта 42 нүөмэр кытынна, Дьокуускайтан “Арчы дьиэтэ” фольклорнай коллектива, Дьокуускай библиотекатын “Далбар” дьахталлар ансаамбыллара, “Сайсарское раздолье” бэтэрээннэр түмсүүлэрэ, “Тойук” народнай ансаамбыла, “Өбүгэ ситимэ”, “Уйгу”этно – группата, “Дьиэрэй “ ансаамбыл, Мохсоҕоллоохтон “Иһирэх” фольклорнай ансаамбыла, Хаҥалас “Арчы дьиэтэ” үлэһиттэрин түмсүүтэ, биирдиилээн ырыаһыттар Намтан, Ытык - Күөлтэн, Хаҥаластан, Нерюнгриттан, Кэбээйи Сэбээн күөлүттэн, Дьокуускайтан барыта араас түмсүүлэри холбоон 106 тахса киһи кытынна.
Бары даҕаны бэйэлэрин төрүт ырыаларын матыыбын үйэтитэ сылдьар ырыаһыттар буоланнар, дьүүллүүр сүбэ үлэтигэр элбэх уустуктары көрсөн түмүгү балай да өр таһаардылар. Ол кэмҥэ хата, таах халтай бириэмэни бараабакка, кыттааччылар күргүөмүнэн ыллаатыбыт, оһуохайдаатыбыт, эбэҥки норуотун үс көрүҥ үҥкүүтүн көрдөрдө Михайлова Светлана Степновна, “Сайсарское раздолье” солистката 84 – сааһын лаппа туолбут диэтэххэ, олус кэрэ, аһаҕас чуор куоластаах, народнай артыыспыт Людмила Зыкинаттан туох да итэҕэһэ суохтук ыллаата, олус элбэх ырыаны өйүгэр тута сылдьара киһини сөхтөрөр.
Дьэ кэтэһиилээх күндү чааспыт тиийэн кэлэн кыайыылаахтары ааттаатылар:
Бастакы степеннээх диплом “Өбүгэ ситимэ”Дьокуускай куорат иһинэн тэриллибит фольклорнай ансаамбыл, 2 – степеннээх диплом “Сайсарское раздолье” бэтэрээннэр түмсүүлэрэ, 3 – степеннээх диплом “Иһирэх” фольклорнай бөлөҕө – Мохсоҕоллоох.
Номинациялар: “Тойук” фольклорнай народнай ансаамбыла “Обрядово – народное пение” , “Өбүгэ ситимэ” – Дьокуускай куорат “Арчы дьиэтэ” айар бөлөҕө -диплом 1 - степени, “Саһарҕа” этно- фольклорнай ансаамбыл – “Лучший фольклорный материал”, ЯГУ – СВФУ бэтэрээннэр хордара –“Народно – традиционное пение”, “Дьиэрэй “ ансаамбыл үһүс көлүөнэ куорат библиотекатын үлэһиттэрэ – “За сохранение традиций”, “Далбар” киин библиотека үлэһиттэрин ансаамбыла “За популяризацию народных песен”,Этно – группа “Уйгу” Дьокуускай куорат “Арчы дьиэтэ” түмсүүтэ “За успешный дебют”, Хаҥалас улууһун “Арчы дьиэтэ” үлэһиттэрин түмсүүтэ – “За лучшую инструментальную обработку”.
Биирдиилээн кыттааччыларга: “За лучшее исполнение тойук” – Лидия Харитонова (Хаҥалас), “Самый старейший исполнитель и за лучшее исполнение народной песни” – Т.М.Евсеева , “За сохранение традиций” М.К.Кучурова (Дьокуускай), “За верность традициям” Н.П.Сивцева, “Хранитель народной песни” Е.С.Воронцова (Дьокуускай), “Хранитель народных традиций” С.Д.Колесова, “За яркий художественный образ”Ф.Х.Басыгысова. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан спонсордар көмөлөрүнэн биир Гран – При олохтооннор, түмүккэ Н.П.Захарова диэн Сэбээн күөлтэн сылдьар аҕам саастаах Далбар Хотун буолла. Бэстэбээл күргүөм тойугунан түмүктэннэ.
Бу тэрээһиҥҥэ сылдьан тус бэйэм араас омук култуурата уратытын,ийэ тылларын эттэригэр – хааннарыгар иҥэринэ сылдьар, аҕам саастаах дьоммут бэйэлэрин омук быһыытынан култуураларын ытыктаан илдьэ сылдьалларыттан олус долгуйдум, биһирээтим.Сахабыт сиригэр араас омук култуурата тыыннааҕын биһэргэттэ.Инникитин бу проегы салҕаан, хас биирдии толорооччуну,ансаамбыллары фондаҕа устан, үйэтитэр үлэни уһаппакка – тэҥэппэккэ ыыталлара тоҕоостоох, бу проект түмүгүнэн документальнай киинэ оҥорон таһаарарга бэлэм матырыйаал баар диэн көрүм.

23.11.2026с
Лидия Харитонова “Хаҥалас”хаһыат общественнай кэриспэндиэнэ.
7

Оставить сообщение:

АРХИВ ВЫПУСКОВ
МЫ В СОЦСЕТЯХ