Рекламный баннер 728x90px center-top
Кыһын Саха сириттэн саҕаланар фестиваль чэрчиттнэн А.
05:45
25.11.2026 16+
Кыһын Саха сириттэн саҕаланар фестиваль чэрчиттнэн А.М.Сидорова аат. Ситим КК "Кулинарный дуэт" гастрономическай шоу киэһэ буолан ааста. Кыттыыны ыллылар 5 дьиэ кэргэн. Алаһа дьиэ хаһаайкалара оҕолорун, сиэннэрин кытта кытыннылар ол курдук Мария,Милена, Милана Борисовтар, Галина, Сашенька Захаровтар, Наталья Аня (сиэн кыыс) Дмитриевтар, Нарияна, Айтал Федоровтар, Айталина, Игорь Львовтар. Дьүллүүр сүбэҕэ өр сылларга асчытынан үлэлээбит Галина Дмитриевна Мордовская уонна Наталья Никифоровна Прокопьева сыаналаатылар. Бастакы түһүмэххэ дьиэ кэргэннэрин билиһиннэрдилэр, иккис түһүмэххэ дьиэ кэргэн минньигэс аһын презентациялаатылар, кэпсээтилэр, сүүтүк сүбэлэриттэн үллэһиннилэр уонна үһүс түһүмэххэ саха аһын туһунан ыйытыкка эппиэттээтилэр. Түмүккэ күрэххэ кыттыбыт дьиэ кэргэттэргэ үлэлиир тэрилтэлэрэ сэмэй бэлэхтэрин туттардылар. Ону сэргэ атыы-эргиэн дьаарбаҥката тэрилиннэ. Сахалыы астаахх сандалы остуол тула минньигэс араас аһы амсайдыбыт, астынныбыт. Кыттыыны ылбыт бар дьоммутугар махтанабыт.
Кыһын тымныы эрээри - дьоллоох дьоҥҥо ичигэс... Чэгиэн буолуҥ!
Кыһын тымныы эрээри - дьоллоох дьоҥҥо ичигэс... Чэгиэн буолуҥ!
Оставить сообщение: